top of page
Поиск
Фото автораИрина

Корнхолга күрэхтэһии тэрилиннэ ХХI Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйаларынан хааччахтаах дьон культурнай-спортивнай бэстибээлигэр Чычымах нэһилиэгэр саҥа көрүҥ «Корнхол»



ХХI Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйаларынан хааччахтаах дьон культурнай-спортивнай бэстибээлигэр Чычымах нэһилиэгэр саҥа көрүҥ «Корнхол»

Бэс ыйын 29-30 күннэригэр Дьаам Унньуулалаах кэрэ сиригэр ХХI өрөспүүбүлүкэтээҕи культурнай-спортивнай бэстибээл буолан ааста. Бу тэрээһин Таатта улууһун доруобуйаларынан хааччахтаммыт дьон түмсүүтэ тэриллибитэ 35 сылыгар ананна. Уопсайа 13 улуустан 255 кыттааччы спорт 7 көрүҥэр көхтөөхтүк кытынна.

Бу бэстибээл биир ураты түгэнинэн буолар, «Корнхол» диэн интэриэһинэй саҥа спорт көрүҥэ киирбитэ, дьон-сэргэ сүрүн болҕомтотун тарта. Оонньуурга олус судургу; 6 м 40 см ыраахтан 1мх50 см дуоскаҕа мөһөөччүк быраҕан очко хомуйаҕын. Дуоска үөһэ түстэҕинэ – 1 очко, хайаҕаска киирдэҕинэ – 3 очко.  Оонньооччу сааһыттан, ыарыытыттан тутулуга суох, ханна баҕарар; залга, аһаҕас салгыҥҥа, офиска, даачаҕа, дьиэ кэргэҥҥэ көхтөөхтүк оонньонор оонньуу.




Бу спорт көрүҥүн 2018 сылтан Адаптивнай физическэй култуура уонна успуорт өрөспүүбүлүкэтээҕи киинигэр дьарыктанар спортсменнар сылын аайы куйаар ситиминэн ыытыллар Россия чемпионатыгар  кыттаннар, кэнники сылларга үрдүк ситиһиилэннилэр.

Чычымах нэһилиэгин аҕа баһылыгын солбуйааччыта, Таатта эдэр чаҕылхай ыччата – Бытыков Александр Антонович, Таатта улууһун доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбаннай тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ Белолюбская Надежда Семеновна уонна кини специалиһэ Дорофеева Светлана Дмитриевна, үс  күннээх күрэххэ сүүрэн-көтөн, кэлбит хамаандаларга сөптөөх усулуобуйа тэрийэн, бэстибээл үчүгэй тэрээһиннээхтик ыытылынна. Күрэхтэһии сүрүн судьуйата Дьяконов Макар Николаевич – Адаптивнай физическэй култуура уонна успуорт өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин тренерэ.

Хамаандалар ыраахтан-чугастан тэринэн кэлбиттэр, итиини, куйааһы, ыраах айан сылаатын аахсыбакка икки күҥҥэ тыҥааһыннаахтык күрэхтэһэн, ырыаҕа ылланар, хоһооҥҥо хоһуллар Амма эбэ ыраас уутугар сөтүөлээн, атастыын-доҕордуун ахтыспыт санааларын үллэстэн, дуоһуйан астынан бардылар. Биллэн турар, кыайыы киһиэхэ барытыгар тиксибэт, долгуйбут санааҕа сыыһа туттарыы, сатыыры да сатаабат буолуу түгэнэ элбэх буолар. Үчүгэй дьарыктаах дьон кыайыы кынаттанан, илии тутуурдаах, өттүк харалаах бардылар.




Кыттааччылар икки бөлөххө арахсан күрэхтэстилэр – сүһүөх ПОДА (поражение опорно-двигательного аппарата) уонна уопсай ыарыылаахтар ОЗ (общее заболевание).

Биирдиилээн бастыыр иһин:

Уопсай ыарыылаахтар ОЗ (общее заболевание)

Дьахталларга: 

1 миэстэ Никифорова Наталья – (28 очко) Дьокуускай

2 миэстэ Брашован Инна – (13 очко) Хаҥалас.

3 миэстэ Большоева Татьяна – (13 очко) Сунтаар.

Эр дьоҥҥо:

1 миэстэ Максимов Владимир – (33 очко) Дьокуускай

2 миэстэ Акимов Анатолий – (31 очко) Үөһээ Бүлүү

3 миэстэ Зедгенидзев Вячеслав – (26 очко) Сунтаар.

 Сүһүөх ПОДА (поражение опорно двигательного аппарата)

Эр дьоҥҥо:

1 миэстэ Кетехов Владимир – (32 очко) Дьокуускай

2 миэстэ Феоктистов Максим – (27 очко) Нам

3 миэстэ Афанасьев Афанасий – (25 очко) Уус Алдан.

Дьахталларга:

1 миэстэ Иванова Татьяна – (29 очко) Хаҥалас

2 миэстэ Тимирдяева Любовь – (29 очко) Дьокуускай

3 миэстэ Иванова Матрена – (24 очко) Нам

Уопсай хамаанданнан бастыыр иһин:

1 миэстэ Дьокуускай куорат (122 очко)

2 миэстэ Хаҥалас улууһа (76 очко)

3 миэстэ Нам улууһа (73 очко).




Саҥа көрүҥ “Корнхол” күрэхтэһиитин Россия призердара, сертификаттаах судьуйалар Кетехов В.Р. Никифорова Н.Н. уонна Аммосова А.А. – 2024 сыл Россия чемпиона, «Лучший снайпер-2024 г»,  РЦАФКиС тренерэ, Россия остуол оонньууларын федерациятын Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Николаева Э.П. ыыттылар.

Кыайыылаахтар ЯРО ВОИ туруорбут сыаналаах бириистэринэн, РЦАФКиС  туруорбут туоһу суруктарынан, мэтээллэринэн наҕараадаланнылар. Таатта улууһун баһылыга Айаал Семенович Бурцев туруорбут анал бирииһэ ситиһиилээхтик кыттыбыт Сунтаар 20 киһилээх хамаандатыгар (салайааччы Наталия Ильинична Максимова) тутарылынна. Чычымах нэһилиэгин аатыттан уонна Надежда Семеновна тус бэйэтин аатыттан үбүлүөйдээх күрэхтэһии чэрчитинэн улуус хамаандаларын салайааччыларыгар, судьуйаларга, тэрийээччилэргэ өйдөбүнньүк бириистэри, махтал суруктары туттардылар.




Бэстибээл кыттыылаахтарыгар баҕарыа этибит: дьарык ситимин быспакка дьарыктанан, чөл олоҕу уһансан, доруобуйаҕытын бөҕөргөтүнэ сылдьаргытыгар. Улуускут, хамаандаҕыт туһугар ыарахантан чаҕыйбакка, кыайыыга дьулуургут, күүстээх санааҕыт саппаҕырбатын, үрдүктэн үрдүк чыпчааллары дабайа тураргытыгар!

Күрэхтэһиини тэрийбит олохтоох дьаһалта уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон салайааччыларыгар, күрэхтэһии сүрүн судьуйатыгар, көрүҥнэринэн судьуйаларга, ЯРО ВОИ бэрэссэдээтэллэригэр, специалистарыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Элеонора Петровна НИКОЛАЕВА, Адаптивнай физическэй култуура уонна успуорт өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин тренерэ.

9 просмотров0 комментариев

Comments


bottom of page