Кэрэ айылҕалаах Амма улууhун Короленко хайатыгар «Айар чөмчүүк» диэн доруобуйаларынан хааччахтаах айар талааннаах дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэс буолан ааста 📝
«Айар чөмчүүк» айарга-тутарга кынаттыыр
Кэрэ айылҕалаах Амма улууhун Короленко хайатыгар от ыйын 3-4 күннэригэр «Айар чөмчүүк» диэн доруобуйаларынан хааччахтаах айар талааннаах дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэс буолан ааста.
Сахабыт сирин сэттэ улууһуттан айар куттаахтар, уопсайа 23 киһи мустаннар тута хоһуйууга, хоһоон ааҕыытыгар, бэйэлэрин айбыт хоһооннорун дьоҥҥо тиэрдиигэ тургутуктары аастылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ Наталья Прокопьева уонна Егор Федоров үлэлээтилэр.
«Айар чөмчүүк» күөн күрэс түмүгүнэн: 1 миэстэ — Ольга Заборовская (Амма улууһа, Соморсун нэһилиэгэ), 2 миэстэ — Зинаида Федотова (Сунтаар улууһа) уонна 3 миэстэ — Мария Семенова (Бүлүү улууһа) буоллулар. Маны таһынан «Долун» типография анал бирииһин Анна Минеева уонна Маргарита Кардашевская туттулар. Инбэлииттэр Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаларын Саха сиринээҕи салаатын анал бирииһинэн Александра Соловьева бэлиэтэннэ.
Айар түһүлгэ кыттыылаахтара Амма өрүс сылаас, ыраас уутугар сөтүөлээн сыл аайы ыытыллар күрэхтэн астынан, махтанан тарҕастылар.
Ньургуйаана СКРЯБИНА, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна
Bình luận