НОВОСТИ С Чурапчинского района.
Иэйиибин эһиэхэ аныыбын.
Бүгүн,о.э.сэтинньи 21 күнүгэр Аан дойдутааҕы доруобуйаларынан хааччахтаах дьон декаадатын чэрчитинэн ,,Иэйиибин эһиэхэ аныыбын,, диэн айар дьоҕуру сырдатар истиҥ тэрээһин Е.А.Борисов аатынан Улуустааҕы киин библиотекаҕа буолла. Программаҕа ырыа олоҕум аргыһа –эҕэрдэ ырыалар, хоһоон ааҕыылара,билиини тургутуу- Викторина, аһаҕас микрофон буолан ааста. Уопсай кыттааччы ахсаана – 15, көрөөччүлэри кытта барыта холбоон 25 киһи сырытта. Дьоммут сүргэлэрэ көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн тарҕастылар. Бары кыттыбыт дьоммутугар анал аат туттардыбыт, ол курдук:
,,Айар куттаах дьиэ кэргэн,, - Николай Егорович, Екатерина Ивановна Саргыдаевтарга, Дириҥ;
,,Кэскиллээх толорооччу,, - Наумов Прокопий, Дириҥ;
,,Уран тыллаах ырыаһыт,, - Павлов Гаврил, Хатылы;
,,Кэхтибэт кэрэ куолас,, - Александр Семенович Иванов, Дириҥ;
,,Бастыҥ авторскай айымньы,, - Парасковья Дмитриевна Дьячковская, Дириҥ;
,,Хомоҕой тыллаах хоһоонньут,, -Николанна Николаевна Бушуева –Арчылаана Чараҥ;
,,Көхтөөх кыттааччы,, - Фаина Торговкина, Чурапчы;
,,Алыптаах дорҕоон,, - Данил Дмитриевич Сазонов – Арҕах, Мындаҕаайы;
,,Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ,, -Лена Александровна Пономарева, Кытаанах;
,,Айар талаан,,- поэзияҕа Наталья Егоровна Сергеева- Аана кыыһа;
,,Айар талаан,, - прозаҕа Василий Петров-Живой,Чурапчы;
Көрсүһүүбүтүн ылбаҕай ырыанан Спартак Григорьевич Слепцов, кэрэ хоһоонунан киэргэппит Кондратьева Мария Николаевна,Матрена Ивановна, Петр Иванович, ону таһынан Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" НАДь (дир. Пономарева А. В.) иһинэн үлэлиир ,,Сыккыс,, түмсүү (сал. Новгородова П. В) туоһу сурук туттарылынна.
Кэлэн үөрэ-көтө кыттыыны ылбыт бары кыттааччыларбытыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит, өссө да араас тэрээһиннэрбитигэр кэлэн көхтөөхтүк кыттаргытыгар баҕарабыт; улууспут библиотекатын бары үлэһиттэригэр көмөҕүт,өйөбүлгүт иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Чурапчы улууһун ВОИ Правлениета.
Comments