top of page
Поиск
Фото автораИрина

Новости с Сунтарского района 🩷 💛 💚 💙 💜 🧡 🧡 Бүгүн сэтинньи 20 күнүгэр олохтоох дьаһалта, "Оһуор" Култуура Киинэ, У. Нуолур аатынан олохтоох библиотека, Элгээйи инбэлииттэрин түмсүүт

🩷 💛 💚 💙 💜 🧡 🧡


Бүгүн сэтинньи 20 күнүгэр олохтоох дьаһалта,

"Оһуор" Култуура Киинэ,

У. Нуолур аатынан

олохтоох библиотека,

Элгээйи инбэлииттэрин түмсүүтэ


Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн,

Сахабыт Сиригэр Оҕо саас,

Сунтаарбыт улууһугар

Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылынан

Норуоттар икки ардыларынааҕы инбэлииттэр күннэрин көрсө

"Сүрэхпит сылааһын эһиэхэ аныыбыт"

🩷❤🧡💛💚🩵

тэрээһиҥҥэ 11:00 чаастан саҕалаан айан суол аргыстаах ыалдьыттарбыт эрэллээх тимир көлөлөрүгэр олорсон сыыйа кэлэн бардылар. Сылаас кулууп дьиэҕэ култуура үлэһиттэрэ эйэҕэстик көрсөн анал хосторго атаартаан тэрээһиммит тэтимин ылан барда.

Салгыы кэлбит дьоммут Уйбаан Нуолур аатынан олохтоох библиотекаҕа уран тарбахтаахтарын быыстапкатын тэнитэн бардылар. Күнүс 12:00 чаастан

СӨ култууратын туйгуна Евдокия Захарова алгыстаах тойугунан,

У. Нуолур аатынан олохтоох библиотека сэбиэдиссэйэ Татьяна Семенова эҕэрдэлэринэн

"Илиибит сылааһын эгэлгэтэ" оҕолор уонна улахан дьон оҥоһуктарын ону тэҥҥэ кэллэксэнньиэрдэр быыстапкаларын көрүү түһүмэҕэ саҕаланар.

Кыттааччылар биир биир айар үлэлэрин умсулҕанын кэпсээн көрөөччүлэр, ыалдьыттар биһирэбиллэрин ылыан ыллылар.

Маны этэн эрдэхтэрэ уон тарбахха иҥэ сылдьары уйан иэйии алыба диэн.


Сынньалаҥҥа Нина Попова, "Туйгун" маҕаһыын Иванова. А. Д

минньигэс астаах буфета, сахалыы саҥа ойуулуктар көрөөччү болҕомтотун тартылар.

Күнүс 15:00 чаастан

Талаан - бу айылҕа бэлэҕэ (сааһыттан тутулуга суох)

- ырыа

- үҥкүү

- хоһоон

- блогерство

түһүмэхтэринэн улахан

Кэнсиэрт элбэх дьону түмтэ

👍🏻👏😍🎤🎼

Талаан түһүлгэтин "Оһуор" култуура киинин эдэр испэсэлиистэр Айсена, Михаил Федоровтар истиҥ ырыаларынан саҕаланна.

Ол кэннэ доруобуйаларынан хааччахтаах дьоммут Элгээйитээҕи түмсүүтүн сал. А. И. Пахомов көрүү күрэс кыттыылаахтарын уопсай эҕэрдэлээһинэ, тэрээһин өрөгөйүн үрдэттэ.

Түмүккэ анал ааттар, биһирэбил бириистэр олохтоннулар, ол курдук:


"Кылаан кыайыылаах" - Никита Семенов(Кэмпэндээйи нэһ.), "Талба талаан" -София,Семен Максимовтар (Күндэйэ нэһ, көрдөөх сценка),"Бастыҥ толоруу" -Ольга Степанова (Күндэйэ нэһ."Ыллаа, гитарам» ырыанан), «Дьүүллүүр сүбэ биһирэбилэ" - Аркадий Игнатьев (Кэмпэндээйи нэһ."Тапталым илдьитэ" ырыанан),"Көмүс куолас"-Ольга Пай (Кэмпэндээйи нэһ., уостан түспэт ырыалары толорон),"Ураты уобарас"-Василий Павлов (Устье нэһ, көрдөөх монолог), "Кыайыыга дьулуур"- Антон Трофимов (Элгээйи нэһ., "Күөх халлаан" хоһоонунан),"Бастыҥ ырыа"-Антон Иванов (Сиэйэ нэһ."Өлөөн үрэҕин үрдүгэр" ырыанан), "Бастыҥ хомуска дьүһүйүү" - Оксана Иванова (Элгээйи нэһ., хомуска дьүһүйүүнэн), "Бастыҥ үҥкүү" - Тамара Семенова,Александр Пахомов (Элгээйи нэһ., Урукку үҥкүүлэринэн дуэт),"Бастыҥ уол хомуһа" - Данил Прокопьев (Элгээйи нэһ., хомуска дьүһүйүүнэн), "Кыайыыга дьулуур"-Айаал Саввинов (Элгээйи нэһ.,"Кыһын" хоһоонунан ),"Ураты иэйиилээх куолас"-Семен Осипов (Элгээйи нэһ.,"Маҥнайгы хаар" ырыанан),"Көрөөччү биһирэбилэ"-Виола Игнатьева (Элгээйи нэһ.,"Ау" ырыанан),"Кыайыыга дьулуур»- Марк Куртаев (Кэмпэндээйи нэһ.,"Кыыс" хоһоонунан), "Кэскиллээх хомусчут"- Күндэл Алексеев (Элгээйи нэһ.,хомуска дьүһүйүү","Кыайыыга дьулуур" -Луиза Иванова,Геннадий Самойлов (Элгээйи нэһ, "Ньургуһунна бэлэхтээ" дуэт толоруутугар),"Бастыҥ блогер" -Айаал Петров (Элгээйи нэһ.),Сайыына Петрова (Күндэйэ нэһ.),"Бастыҥ сыл спонсора"- Людмила Иванова (Сиэйэ нэһ.), "Кыайыыга дьулуур"- Светлана Зедгенидзева,Дарьяна Потапова (Түбэй нэһ.)

Өрүү үтүө санааларын уурар спонсордарбыт:

"Астык" маҕаһыын сал. Иванова. Т.В,

"Талба" маҕаһыын

Спиридонова. Э. М,

"Туйгун" маҕаһыын Иванова. А. Д

Шея нэһилиэгин олохтооҕо Алексеева. Л. И,

Элгээйитээҕи "Көмүс саас" түмсүү сал.Иванова. Р. И, түөлбэбит салайааччыларыгар, олохтоохторугар

махталбыт муҥура суох, өрүү көмөҕө кэлэр үтүө санааҕытын уостубатын!

Доруобуйаны, барыта этэҥҥэ эрэ буолууну!

🧡 🙏🏻💙 🙏🏻🩷 🙏🏻 💛 💚

Бу биьиэхэ Сунтар улууьун, Элгээйи нэьилиэгэр

В рамках декады





9 просмотров0 комментариев

Comments


bottom of page