Кулун тутарга «Сайдыс» диэн саҥа литературнай-иһитиннэрэр уонна публицистическай сурунаал бастакы нүөмэрэ күн сирин көрдө.
Сурунаалы Инбэлииттэр Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаларын Саха сиринээҕи отделениета таһаарда. Саҥа таһаарыыны Саха сиринээҕи отделение бэрэссэдээтэлэ Ирина Лебедева көҕүлээбит (учредитель), кылаабынай эрэдээктэр — Ньургуйаана Скрябина.
Сурунаалы арыйаат да бэрэссэдээтэл Ирина Васильевна: “Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылларыгар биһиги сурунаалбытыгар дьоллоох дьиэ кэргэн ис кистэлэҥин, дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитии оруолун уонна биһиги бастыҥ ыалларбыт күннээҕи олохторуттан сырдатарга кыһаллыахпыт. Хас биирдии дьиэҕэ дьол уйаланнын, оҕо аймах үөрүүтэ баар буоллун!”, — диэн санаатын үллэстибитин билсэҕин.
Сурунаал “Кэпсэтии”, “Олоххо дьулуһуу”, “Дьиэ кэргэн”, “Кэпсээннэр”, “Хоһооннор”, “Чөл олох”, “Кэрэ эйгэтэ”, “Ырысыаптар”, «Сынньалаҥҥа» рубрикаларыгар өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан ааптардар суруйуулара сурунаал киэҥ эйгэни хабыаҕын туоһулуур.
Сылга түөртэ тахсыахтаах “Сайдыс” сурунаал элбэх ааҕааччылаах, бараммат сонуннаах, туһалаах сүбэлэрдээх буола турдун, бэйэтин ааҕааччытын буллун.
Kommentare