Кулун тутар 26 күнүгэр общественнай кииҥҥэ өрөспүүбүлүкэ доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбатыгар правлениятын мунньаҕа буолан ааста. Манна, бастакынан, 2023 сылга туох үлэ ыытыллыбытын председатель Ирина Лебедева кэпсээтэ.
Иккиһинэн, Үлэ уонна социальнай көмүскэл министиэристибэтиттэн министр бастакы солбуйааччыта Альбина Трубина доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон бэйэ туругун тупсарыыга уонна олоххо бэлэмнээх буолууларыгар туһааннаах тэрээһиннэр тустарынан сырдатта. Үсүһүнэн, уопсастыбаҕа көрүллүбүт харчыны сөпкө туһаныы бэрэбиэркэтин председателя Павел Устинов бэрэбиэркэ түмүгүнэн кэһиллии суоҕун иһитиннэрдэ. Ону таһынан, 2024 сыллааҕы үлэ боппуруостарын ырытыстылар.
Comments