Бүгүн А.К.Софронов аатынан спортивнай комплекска доруобуйаларынан хааччахтаахтар дэкээдэлэрин чэрчитинэн «Ийэм, аҕам уонна мин — бары биир күүс» өрөспүүбүлүкэтээҕи үгэскэ кубулуйбут күрэх саҕаланна. Күрэхтэһии үөрүүлээх аһыллыытыгар Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев, бүтүн Арассыыйатааҕы доруобуйаларынан хааччахтаахтар уопсастыбаларын Хотугулуу-Илиҥҥи уокурукка сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ирина Лебедева эҕэрдэ, махтал тылларын эттилэр, Ирина Васильевна бу тэрээһин ыытылларыгар күүс-көмө буолбут дьоҥҥо, тэрийээччилэргэ Махтал суруктары туттартаата.
Күрэххэ Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Нам, Чурапчы улуустарыттан кыттааччылар 6 көрүҥҥэ илин-кэлин түсүһүөхтэрэ.
Comments