top of page
Поиск
Фото автораИрина

Чурапчылар “Мин — ааптарбын” өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэр бэстибээллэригэр улахан ситиһиилэннилэр

Бүгүн о.э кулун тутар 27 күнүгэр, дьоллоох Дьокуускай куоракка, “Эрэл” сынньалаҥ киинигэр, Бүтүн Арассыыйатааҕы инбэлииттэр уопсастыбаларын өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрилтэтин өйөбүлүнэн, “Мин – ааптарбын” диэн инбэлииттэр айар дьоҕурдарыгар туһуламмыт бэстибээл буолан түмүктэннэ.

Манна Сахабыт сирин араас муннуктарыттан доруобуйаларынан хааччахтанан хаайтаран хаалбаккалар талба талааннарын бар дьоҥҥо көрдөрөннөр улаханнык биһирэннилэр. Биһиги манна ылбаҕай ырыалардаах ааптардары, хомоҕой хоһоон маастардарын, үҥкүү кэрэ эйгэтигэр ыга куустарбыт үҥкүүһүттэри, айылҕаттан айдарыылаах артыыстары, мусукааннары көрдүбүт. Кинилэр бииртэн-биир ураты ис хоһоонноох тус айымньылара бүүс-бүтүннүү олох сырдыгын, кэрэтин, үтүөтүн туһунан туох даҕаны омуна, кистэлэ суох аһаҕастык көстөллөр, кэпсэнэллэр.

Биһиги Чурапчыбыт улууһугар инбэлииттэр уопсастыбаларын, былырыыҥҥыттан саҕалаан Саргылана Николаевна Хоютанова иилээн-саҕалаан бэрт таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар. Кини хорсун санаатынан, быйыл Төлөй нэһилиэгэр бу бэстибээл улуустааҕы түһүмэҕэ үрдүк таһымнаахтык ааспыта, бу тэрээһин өссө чочуйуллан, тупсарыллан инникитин даҕаны салгыы ыытылларыгар эрэниэҕин.



Бүгүн куоракка буолбут бэстибээлгэ Саргылана Николаевна бэйэтэ салайан түөрт бастыҥ нүөмэри илдьэ бара сырытта итиэннэ бу түөрт кыттааччы бары улахан ситиһиилээх, кыайыылаах-хотуулаах кэллилэр.

Ол курдук, поэзия хайысхатыгар – Чурапчы нэһилиэгиттэн Наталья Сергеева-Аана кыыһа “Сахам тыла – мин баайым” хоһоонунан 2 миэстэ, ырыа жанрыгар Соловьев нэһилиэгиттэн Андриан СоловьевЫрыабын ыллыыбын” бэйэтин суруйуутугар уонна толоруутугар 2 миэстэ, Кытаанах нэһилиэгиттэн Николай Суздалов туруоруутунан “Дело в шляпе” эстраднай үҥкүүнэн 2 миэстэ буолары ситистилэр.


Кинилэри сэргэ, Чурапчы нэһилиэгиттэн Василий Петров-Живой “Вейли Озбар – исполнитель желаний”, “Хроники Воина Света”, “Хранители равновесия: Маги Полу-ночи” диэн бөдөҥ айымньыларынан “Декламация” хайысхатыгар муҥутуур кыайыылаах аатын ылла (Василий аатын бу бэстибээлгэ “Саҥа олох” хаһыат үрдүкү кэрэспэдьиэнэ Сэмэн Жендринскэй тиийэн көмүскээтэ)  итиэннэ Ирина Лебедева этиитинэн анал кэпсэтиигэ куоракка ыҥырылынна, “Сайдыс” өрөспүүбүлүкэ суруналыыгар бэчээттэнэргэ сэртэпикээтинэн наҕараадаланна.

2 просмотра0 комментариев

Comments


bottom of page